Page 19 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 19

Бэйбэрикээн эмээхсин ааһа турда. Баран ис-
тэҕинэ, хотой тойон тиит төбөтүгэр луглайан оло-
рор эбит.

   — Хотой тойон! Мин, биэс ынахпын сүтэрэммин,
үс дойдуну хастаатым, уллуҥаҕым тириитин бараа-
тым көрдүөн! Ол кэннэ булбакка сылдьабын. Эн,
бука, ханна мин ынахтарым баалларын билэриҥ
буолуо! Миэхэ ыйан, көрдөрөн кулу эрэ! — диэн
Бэйбэрикээн көрдөстө.

   — Э-ээ… Билэбин! Мантан тус илин баран истэх-
хинэ, саһыл хонуу баар буолуо. Ол саһыл хонуу хал-
дьаайытын үрдүгэр сүрдээх үчүгэй араҕас кырдал
баар. Ол кырдал үрдүгэр сиргэ тиийбит силистээх,
буорга тиийбит мутуктаах сүрдээх суон тиит үүнэн
турара буолуо. Ол тиит анныгар биэс ынаҕыҥ биэс
тыһы ньирэйи төрөтөн баран сыталлар. Онно тиий! —
диэтэ хотой тойон.

   Бэйбэрикээн ынахтарын сураҕын истэн, үөрэн-
көтөн, таһыыкайдаан бара турда. Ол тиийэн, тиит
төрдүттэн ынахтарын булла. Биэс үчүгэй баҕайы
тыһы ньирэйи булла. Ньирэйдэрин быалаан, ийэ-
лэрин холбоон баран, ынахтарын үүрэн, дьиэтигэр
төннөөрү туран көрдөҕүнэ, тиит төрдүгэр арааһынай
үчүгэй ойуу киэргэллээх, бэрт элбэх тус-туспа дьү-
һүннээх сэбирдэхтээх от үүнэн турар эбит.

   — Бэйи, бу оту үргүөн илдьэн, оҕо гыныам буо-
луо! — диэтэ Бэйбэрикээн эмээхсин. Инньэ диэн
баран, оту силиһин, сэбирдэҕин алдьаппакка эрэ
түөрэн ылан, хоонньугар уктан кэбистэ. Ынахтарын
үүрэн-түрүйэн, дьиэтигэр кэллэ. Дьиэтигэр аҕалан,
суорҕаныгар суулаабыт, сыттыгар ууран кэбиспит.

   Ол кэннэ тахсан ынаҕын ыы олорбут. Ыы олор-
доҕуна, хобо-чуораан лыҥкынаабыт, кыптыый тыаһа
кылыр гына түспүт. Онуоха эмээхсин, соһуйан, үүтүн
тоҕо бырахпыт, дьиэтигэр сүүрэн киирэн көрбүтэ:

                                                                                                                     19
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24