Page 24 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 24

ньылбы тардан ылан, бэйэтин сирэйигэр саба кэ-
биһиннэ, симэхпин-таҥаспын хастаан ылан, бэйэтэ
симэннэ-таҥынна. Бу маннык кубулунан, кини мин
аппын миинэн, мин барыахтаах суолбунан барда.
Быраҕыллан хаалбыт уҥуохтаах тириибиттэн хос-
тоон ылан, тыҥалаах сүрэхпин күөрт ыт ытыран ил-
дьэн, алаас сыһыыга быраҕан кэбиспититтэн бэр-
дьигэс от буолан үүнэн тахсыбытым. Букатын өлөр-
гө ыйааҕым-оҥоруум суох эбит — ыччат киһини
тэнитэргэ ыйаахтааҕым, ыччат сүөһүнү иитэргэ оҥо-
руулааҕым буолуоҕа. Бу оҥоруубун-ыйаахпын ал-
дьатан, абааһы кыыһа кэргэммин ылбыт. Кэргэним
этигэр-хааныгар абааһы этэ-хаана иҥтэҕэ буолуо…
Мин кэргэммин хайаан булан көрүөмүй?..

                               ***

   Кийиит Чоочугур Чуоҕур маҥан ата, иччитэ тил-
либитин билэн, Хайҕамсык Хара Хаан тойон сыһыы-
тыгар киирбитигэр, киһилии тыллаах-өстөөх буолан,
үҥсэ тоһуйбут:

   — Мин иччибин абааһы кыыһа өлөрөн кэбиһэн ба-
ран, сирэйин тириитин ньылбы тардан ылан, бэйэ-
тин сирэйин саба кэбиһинэн, симэҕин-таҥаһын
хастаан ылан бэйэтэ симэнэн-таҥнан, бу эйиэхэ
кийиит буолан киирэн олорор. Оттон мин дьиҥнээх
иччим ол да буоллар билигин тиллэн олорор. Бу
айыы кыыһа кийииккитин, мин иччибин, дьиэтиттэн
баран аҕалбат буоллаххытына, мин хара көмүс хал-
ҕаһалаах, кыһыл көмүс кыдьымахтаах, үрүҥ көмүс
долгуннаах, үрүмэтийбэт үүт күөллээх, үүт таас ол-
бохтоох Үрүҥ Айыы тойоҥҥо үҥүөм! Дьиэлэри-уот-
тары дьиэгэнитиэм, сүгүн олордуом суоҕа! Абааһы
кыыһын айыы ылыах туһа суох. Бу абааһы кыыһа ки-
йииккитин хаҥыл ат атаҕар баайан кэбиһиҥ. Уол-
гутун буоллаҕына, ый отут хонугун тухары сүүрүк-

  24
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29