Page 27 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 27
ат илдьи тэпсэн өлөрбүт, этэ-хаана сиргэ үөн-кө-
йүүр буолан тохтон хаалбыт. Үөн-көйүүр онтон ыла
үөскээбитэ үһү. Уолу сүүрүктээх ууга оҕустарбыт-
тар, хотуттан-соҕурууттан кэлэр көй салгын тобулу
оҕустун диэн, баараҕай үрдүк маска салгылаппыт-
тар, быртах этин-хаанын ыраастаабыттар. Уҥуох-
тирии буолбутун кэннэ, сыккырыыр тыынын эрэ
аҕалбыттар.
***
Хаардьыт Бэргэн урукку сулуутунааҕар ордук эл-
бэҕи үүрэн-түрүйэн аҕалбыт. Бэйбэрикээн эмээхсин
сэргэтигэр кэлэн түспүт.
Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин үөрэн-
көтөн, утары сүүрэн тахсыбыт, өлбүтэ тиллибитин,
сүппүтэ көстүбүтүн курдук санаабыт. Сэргэ төрдүт-
тэн дьиэҕэ диэри күөх оту тэлгэппит, тыстаах-бат-
тахтаах маҥан сылгы тириитин оронугар тэлгээбит;
уһалааҕы умсарбыт, түөстээҕи түөнэрбит — уруу-
лаабыт.
Кыыс Хаардьыт Бэргэн аттыгар ытыы-ытыы тии-
йэн кэлбит.
— Миэхэ тоҕо кэллиҥ? — диэбит. — Хара хаам-
мын таһаартардыҥ, халыҥ тириибин хайыттардыҥ,
ыкка-куска сиэттэрдиҥ, абааһы кыыһыгар атаҕас-
таттыҥ… Ол кэннэ манна ханнык дьахтарым баар
буолуоҕа диэн кэллиҥ? Кыыс оҕо кыыкынайдааҕар
элбэх!.. Сүрэҕим куттанна, кутум хамсаата… Хата,
эйиэхэ барыам суох! — диэбит.
— Мин эйигин өллүн диэммин аҕыс атахтаахха
анаабатаҕым, суолгун ыйан биэрэн баран, бултуу-
алтыы барбытым. Иэйиэхсит хотун эйигин миэхэ
ыйбыт оҥоруулаах буолаҥҥын, тиллэн олордоҕуҥ
дии, онон хайаатар даҕаны илдьэ бараары кэлэн
олоробун, — диэбит уол.
27