Page 28 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 28
Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин икки ха-
раҕын уутун икки аҥы илгэн кээспит, икки оҕотун
икки ардыгар олоро түспүт.
— Өлөн баран тиллибиччэ, сүтэн баран көстүбүч-
чэ, үөрэ-көтө көрсүбэт буолаҥҥыт!.. Хайаҕыт даҕа-
ны мин тылбыттан, санаабыттан тахсымаҥ!
Кыыс «ээх» аҕай диэн тылын дьэ биэрдэҕэ. Уол
үөрэн-көтөн, тура эккирээбит. Оонньуу бөҕөтүн оон-
ньообуттар, күлүү бөҕөтүн күлбүттэр, кэпсэтии бө-
ҕөтүн кэпсэппиттэр.
Тыллаах-өстөөх Чоочугур Чуоҕур маҥан аттарын
дьиэ таһыгар таһааран баайбыттар. Көмүс ыҥыы-
рынан ыҥыырдаан, көмүс үүнүнэн үүннээн, көмүс
суларынан сулардаан, көмүс чаппарааҕынан чап-
параахтаан, көмүс кычымынан кычымнаан, көмүс
кымньыынан кымньыылаан кэбиспиттэр. Кыыһы си-
мээбиттэр, таҥыннарбыттар.
Ол курдук уол кыыһын дьиэтигэр илдьэ барбыт.
Кыһыны кырыатынан, күһүнү өксүөнүнэн билэн,
айаннаан испиттэр.
Хайҕамсык Хара Хаан тойон тоҕус дьиэ доҕуһуо-
ла, аҕыс дьиэ арыалдьыта, сэттэ дьиэ дэһиэлдьи-
тэ — тоҕус туруйа курдук уолан уолаттара, кийиит
киирэн ханар-ханар хаамтаҕына, киис кыыл сүүр-
бүтүнэн барыа диэн, оноҕос оҥостоллоругар эр-
бэхтэрэ хастарыйбыт, кыҥыылларыгар харахтара
кылар буолбут.
Сэттэ кыталык курдук үөрдүһэн, төбүрүөннээн
сылдьар кыыс дьахталлара, кийиит киирэн тырк
гына сыыҥтаатаҕына, хоруоҥка тохтуоҕа диэннэр,
сап хаталларыгар тобуктара ньылбырыйбыт.
Уоллаах кийиит тиийэн кэлбиттэр. Сэргэ төрдүгэр
икки кыыс оҕо тэһиин туппуттар, көтөҕөн түһэрбит-
тэр. Кийиит тырк гына сыыҥтаабыт — күндү хоруоҥ-
ка тохтубутунан барбыт, ону сапка тиспитинэн бар-
28