Page 21 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 21
олорбут. Бу киһи маны булан ытыалаабыт, хара сар-
сыардаттан ытар, биирдэ да таппатах. Күн киириитэ
буолбут — оноҕос үөлэс үүтүн устун түһэн хаалбыт.
— Эмээхсиэн, оноҕоспун ылан кулу! — дии сатаан
кэбиспит.
Муннун хаана бурулаабыт, имин хаана ииримтий-
бит, сүүһүн хаана сүүрүктээбит, ойоҕос өттүттэн
уордаах санаата киирбит, кэтэх өттүттэн киһиргэс
санаата киирбит, көтөн түспүт.
Көтөн түстэҕинэ дуу — били кыыһы көрбүт, көрөн
баран уҥмут, ол кэннэ өйдөммүт. Тахсан сүүрбүт,
атын үрдүгэр олоро түспүт. Сүүрдэн кэлэн, дьиэти-
гэр көтөн түспүт.
— Аҕам! — диэбит. — Ийэм! — диэбит. — Биэс
ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин маннык үчүгэй
кыыстаах! Бу кыыһы ылан кулуҥ!
Маныаха аҕата тоҕус аттаах киһини атаарбыт. Бу
дьон, сүүрдэн тиийэн, Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн
эмээхсиҥҥэ көтөн түспүттэр. Били кыыс үчүгэйит-
тэн бары тарайа уҥмуттар. Өйдөнөн таһырдьа тах-
сыбыттар. Арай биир эрэ киһи бэрдэ хаалбыт.
— Эмээхсиэн, Бэйбэрикээн! Хайҕамсык Хара Хаан
тойон уолугар бу кыыскын биэриэҥ үһү!
Онуоха:
— Биэриэм! — диэбит.
Кыыстан ыйыппыттар.
— Барыам! — диэбит.
— Сулуутун алаас-сыһыы туолуоҕун тухары сыл-
гыны, ынаҕы толору үүрэн аҕалан кулуҥ! — диэбит
эмээхсин.
Маны истэн баран, чыпчылыйыах бэтэрээ өттүнэ,
сылгыны, ынаҕы толору үүрэн аҕалан биэрбиттэр.
Кыыһы сир курдук симээбиттэр, тап курдук та-
ҥыннарбыттар, тыллаах-өстөөх Чоочугур Чуоҕур ма-
ҥан аты аҕалан баайбыттар: көмүс ыҥыырынан
21