Page 8 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 8

Тэҥнээн көрүү
   1. Кырдьаҕастан сүбэтин ыл, эдэртэн эйэтин ыл.
Быһыаҥ иннинэ былааннаа, кэрдиэҥ иннинэ кэмнээ.
   2. Бэлэһигэр биэс иннэлээх. Килэгир харах, көҥ-
дөй көҕүс. Кус быһый, ат бөҕө.
   Бэргэн этиилэр икки көрүҥнэрэ тугунан уратыла-

       һалларый?
   Санааҕытын атастаһыҥ.

 ! Өс хоһооно диэн олох-дьаһах, быһыы-майгы

   туһунан түмүктэммит өйү-санааны аҕыйах тылы-
   нан дьүһүннээн этии ааттанар.

 ! Өс номоҕо — биир биридимиэти эбэтэр көс-

   түүнү уус-ураннык дьүһүннээн биэрии буолар. Ол
   этии буолбат.
   Өс номоҕор эбии холобурда булуҥ.

        Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
       Бибилэтиэкэҕэ өс хоһоонноох, өс номохтоох кини-
   гэлэртэн 5—6 сөбүлээбит холобургутун сурунуҥ, са-
   ҥарар саҥаҕа тутта үөрэниҥ.
       Атын норуот өһүн хоһоонун билэн кэлиҥ. Холобурда
   аҕалыҥ.

   8
   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13