Page 5 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 5

Норуот тылынан уус уран айымньыта

   Норуот тылынан уус-уран айымньыта сурук-би-
чик суох эрдэҕинэ үөскээбитэ. Киһиттэн киһиэхэ,
көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, уус тыллаах чо-
чуйан эбэтэр ситэрэн-хоторон, эбэн-көҕүрэтэн үгүс
үйэни уҥуордаан биһиэхэ тиийэн кэлбит.

   Норуот тылынан уус-уран айымньыта атыннык
фольклор диэн английскай тылтан киирбит тылынан
эмиэ туттуллар.

   Тылынан уус-уран айымньы көрүҥэр: өс хоһоо-
но, таабырын, чабырҕах, остуоруйа, норуот ырыата,
тойук, оһуохай, олоҥхо киирэр.

            Норуот өркөн өйө, ытык тыла

                                     ӨС ХОҺООНО

                                         Өс хоһооно — норуот ох тыла

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

   1. Өс хоһоонун туһунан тугу билэҕит?
   2. Ким ханнык өс хоһоонун ордук өйдүүрүй уонна

       туттарый?
   3. Өс хо´оонун ситэрэн биэриҥ:

                                                                                                                      5
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10