Page 7 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 7

Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи бысты-
бат.

                                       5.
   Сылдьыбыт сыыһы булар, көрдөөбүт көмүһү бу-
лар.
   Үлэ үксэ, тыл аҕыйаҕа үчүгэй.
   Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойутаан
турбут чыычаах хараҕын хастар.
   Отонноотоххо оҥоойук туолар.
   Өс хоһоонноро ханнык бөлөхтөргө арахсар эби-

       тий? Өссө туох туһунан өс хоһооно баарын билэ-
       ҕит? 1—2 бөлөхтө ситэриҥ.

                                                   АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

   Бэриллибит быһаарыыларга, этиилэргэ сөптөөх ик-
       килии-үстүү өс хоһоонун суруйуҥ:

   — көрсүө, сэмэй майгылаах киһи;
   — киһи бэйэтэ кыһаннаҕына, санаммытын туруу-
ластаҕына эрэ санаабыта сатанар;
   — доҕордоһууну, доҕору үрдүктүк сыаналааһын;
   — бэйэ кыаҕыгар, күүһүгэр, барыта үчүгэй буо-
луоҕар эрэнии.
   Сөбүлээбит өс хоһооҥҥутунан ребуста эбэтэр биир

       талбыт тиэмэҕэ таайбараҥна оҥоруҥ.

          Тыыннаах тыл

       «Өс хоһооно — норуот ох тыла», «Өс хоһооно — киһи
   майгытын-сигилитин үөрэҕэ» диэн этиилэртэн талан
   санааҕытын суруйуҥ.

                                                                                                                      7
   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12