Page 39 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 39

даҕаны, сааппыттар даҕаны. Үөһээ дойдуларыгар
көтөн хаалбыттар. Үп даҕаны, ас даҕаны бука ба-
рыта орто дойдуга хаалбыт.

   Үргэл тойон кыыһа:
   — Хаарыан баайбыт хааллаҕын даа! Төннүөҕүҥ, —
диэбит.
   Күн тойон кыыһа:
   — Туох да иннигэр төннүөм суоҕа! Мин аҕам сүө-
һүтүн биир сыллааҕы төрүөҕэ эрэ! Онуоха төннүөм
дуо?! — диэбит.
   Үөһээ дойдуларыгар көтө турбуттар.
   Үчүгэй Үөдүйээн, били кыргыттар баайдарын
ылан, дьахтарын ылан, дьахтарын тириэрэн, хаалаах
оҕотун ыҥыырдан, илин өттүгэр үүрүүлэнэн, кэлин
өттүгэр сэтиилэнэн, ойоҕос өттүгэр ындыыланан,
хонноҕун иһигэр дьахтарданан, бар дьонугар, иэри-
мэ дьиэтигэр тиийэн кэлбит.
   Күн бүгүнүгэр диэри байан-тайан олороллор үһү.

         Тыыннаах тыл
       Остуоруйаны талан кэпсииргэ үөрэниҥ. Балыскыты-
   гар, сурдьугутугар кэпсээриҥ.

        Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
       Остуоруйа кинигэлэринэн быыстапката оҥоруҥ.

                                                                                                                     39
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44