Page 41 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 41

Олоҥхо

                                Олоҥхоһут

   Олоҥхоһут туһунан улуу А. Е. Кулаковскай-Өксөкү-
лээх Өлөксөй маннык суруйбут эбит:

   «Кыһыҥҥы уһун түүҥҥэ олоҥхоһуту истэ олорор
саха ыалын көрө түһүҥ. Бука бары — оҕотуттан
оҕонньоругар тиийэ, ийэлэригэр саба түспүт аччык
оҕолор курдук, олоҥхоһуту төгүрүйбүттэр… Киһи ба-
рыта бэркэ тартаран, биир да тылы сииккэ түһэр-
бэккэ кыһанан иһиллиир, бэл, тыынарын тохтоторго
дылы. Хас биирдии киһи бары эрэйин, кыһалҕатын
умна охсубут уонна баҕа санаа дьикти кэрэ алып-
таах эйгэтигэр хаптарбыт. Оттон олоҥхоһут бэйэтэ,
дьиҥнээх поэт курдук, киһиттэн эрэ уһулуччу иэйэн
олорор: ииччэх-бааччах күннээҕи муҥнаах олохтоох
«айыылаах» сиртэн букатыннаахтык арахса сатаан,
бэл, хараҕын быһа симмит: мэйиитигэр куолаһын
кылыһаҕа чыҥкынаатын диэн кулгааҕын сөмүйэ-
тинэн саба баттаммыт уонна ырыатыгар бигэтэн
иэгэлдьийэ олорор. Кини утуйарын, сынньанарын,
бу дойдуга туох баарын барытын да таһыччы умнан
кэбиспит. Истээччилэрин харахтарыгар олоҥхоһут
букатын уларыйан хаалбыт: бу кинилэр били күн-
нэтэ көрөр Уйбааннара буолбатах, туох эрэ муҥура
суох дьиктилээх, сөҕүмэр кэрэ киһи олорор этэ».

   Олоҥхоһут диэн туох уратылаах киһи буолан дьон
       болҕомтотун маннык тардар эбитий? Олоҥхону
       тоҕо «соҕотох артыыс тыйаатыра» диэн ааттыыл-
       лара буолуой? Олоҥхоһут уонна олоҥхону толо-
       рооччу туох уратылаах буолуохтарын сөбүй?

   Саха норуодунай артыыһа Г. Г. Колесов «Дьулу-
       руйар Ньургун Боотур» олоҥхону толоруутуттан
       өйдөөн истиҥ. Урут олоҥхону ханна истибиккит,
       ким толорбутун туһунан кэпсэтиһиҥ.

   Олоҥхону болҕойон ааҕыҥ.

                                                                                                                     41
   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46