Page 44 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 44

Туруйата чугдаарбыт.
                   Хамыстаах уутугар
                   Хааһа саарбыт.
                   Күөлүн муҥунан
                   Көнчөҕө мустубут.
                   Боруулааҕын уутугар
                   Мородута моргуйбут.
                   Бадарааннааҕын устун
                   Барааҕа лыгыйбыт.
                   Куула тыатыгар
                   Куртуйаҕа охсубут.
                   Халдьаайы ыарҕатыгар
                   Хабдьыта хахаарбыт.
                   Кэрээбэт кэҕэтэ эппит,
                   Өрөөбөт өтөнө үөппүт.
                   Маннык бэйэлээх,
                   Мааны мандардаах,
                   Үрдүк дьоллоох,
                   Үскэм баайдаах
                   Орто аан дойдуга
                   Мин дуо! — диэн,
                   Урааҥхай саха
                   Ууһаан олохсуйбут,
                   Үс саха
                   Үөскээн үксээбит,
                   Түөрт саха
                   Төрөөн үөдүйбүт,
                   Биэс саха
                   Бииһээн тэнийбит.
                   Унаар буруону субуйбут,
                   Ачаах баҕананы аспыт,
                   Ыһыах ыспыт,
                   Ырыа ыллаабыт,
                   Айхал айхаллаабыт,
                   Аан дойдутун алҕаабыт.

44
   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49