Page 50 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 50
Сыстыбыта буолуо диэн
Хастыы анньына турдаҕына,
Эмискэ үлүгэр —
Эргэнэ хара тыа кэтэҕинэн
Этиҥ этэн
Ньириһийэргэ дылы гынна.
Илбиргэстээх илин халлаан диэкиттэн
Итии салгын
«Ил» гына охсорго дылы буолла.
Эрдэҕэс улар
Түөһүн түүтүн курдук
Эбир-дьаҕыл былыттар
Эймэҥнэһэн таҕыстылар.
Ону көрбүтэ —
Буор хайаны
Бурайа тэбэн,
Күдэрик былыты
Көҥү күрдьэн,
Хара элэмэс ат
Хатыс курдук хаптайан,
Ох курдук уунан кэлэн
Хорус гына тура түстэ.
Онно көрдөххө:
Айыы бухатыыра
Аҥаарыйа сылайан
Атыттан умса баран түстэ.
Көйүү көмүс куйаҕа
Көтүрүтэ сынньыллыбыт,
Хатан тимир куйаҕа
Хампырыйан бүппүт.
Симэһиннээх хаана
Сиһиттэн тыкпыт,
Чэгиэн хаана
Чэчэгэйиттэн тэппит.
Үөлүк-баалык
Өлбөөдүччү көрө-көрө,
50