Page 55 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 55

Кырыйа көтө сылдьан
Кыҥкыныы ыллаата.

Кыталык:
       — Дом-ини-дом,
       Дом-ини-дом!

Оҕолоотор оҕом,
Сурдьулаатар сурдьум,
Үс Кырыылаах
Мөҥүрүүр Бөҕө обургу
Оҥостунуута суох кэлэн,
Сыгынньах илиигинэн
Сымара таас абааһыны,
Эт сутуруккунан
Элэйбэт тимир куйахтаах бухатыыры
Кыайан бараары
Кыа хааҥҥын тохтуҥ,
Күн сирин көмүскээри
Көмүс уҥуоххун тоһуттуҥ.

       Дом-ини-дом,
       Дом-ини-дом!
Үөһэнэн сылдьан
Үрүҥ тыын диэн
Үрэн көрүөм.
Таба эҕирийдэххинэ,
Киһилии тирэҕирдэххинэ,
Сыыһа-халты харбатан
Куотан көрөөр!
       Дом-ини-дом,
       Дом-ини-дом!
Куоттаххына дойдугар тиийэҥҥин,
Аан дойдуҥ иччититтэн алҕатан,
Араҥас илгэтиттэн аҕатан,
Бухатыырдыы уһаарыллан,
Буойуннуу хатарыллан,
Өстөөххүн өһөгөйдөөн,

                                                                                             55
   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60