Page 60 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 60

Богдьойон таҕыста,
                Көхсүн этэ
                Көппөйө үлүннэ.
                Бүлгүнүн быччыҥа
                Тууга киирбит
                Дьорохой курдук
                Дууллайа мөҕүстэ.
                Балык этэ
                Баараҕай буочука
                Уобуруччутун курдук
                Төлүтэ мөхтө.
                Хара будьурхай баттаҕа
                Кулун кутуругун курдук
                Өрө ытыллан таҕыста.
                Аан алаһанан
                Аҕылаан кэбистэ.
                Уот кутаанан
                Уһууран ылла.
                Уонна дьиэтигэр тахсан —
                Куйаҕын-таҥаһын таҥынна,
                Саатын-саадаҕын иилиннэ.
                Онтон туран —
                Чэлгиэннээх тэлгэһэтигэр
                Тэлэкэччийэн тахсан
                Миинэр миҥэтин,
                Аналлаах атын
                Эргиччи тардан,
                Харалдьыктан көппүт
                Хара улар курдук
                Халарыктаан тахсан
                Миинэн кэбистэ.
                Аҕа кынным
                Анды Мөҥүрүөн оҕонньор
                Дойдутун туһа
                Манан этэ диэн,
                Салайа баттаат,

60
   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65