Page 64 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 64

Өттүгэр туттан баран,
            Оргууй аҕайдык
            Утары хааман
            Чугаһаан истэ.
            Сымнаҕаһырҕатан ыкса киирэн
            Тутаары дугдуҥнаан истэҕинэ,
            Атыыр оҕус
            Кэннинэн чохчос гынаат,
            Буулдьа курдук
            Үөстүүрүнэн түһэн кэбистэ.
            Өрө баһан таһааран
            Үстэ-түөртэ
            Өрүтэ быраҕаттаан,
            Үөрбэ чаҕаан муоһугар
            Өтүрүтэ түһэртээн
            Өлөрөн кэбистэ.
            Үҥкүрүс-күөлэһис гынан
            Бэйэтэ-бэйэтинэн буола оҕуста.
            Күтүр өстөөҕү
            Бэрбээкэйиттэн ылан —
            Илбис кыыһыгар
            Биэс тарбах
            Мэнэгэйдээх биэриитэ,
            Уон тарбах
            Оноҕойдоох уунуута! — диэн
            Өрө кыыратан кэбистэ.
            Ону,
            Илбис кыыһа
            Хара маҥаас суор буолан,
            «Хаах» диэбитинэн
            Харбаан ылан
            Күлүк диэки
            Күпсүйэ турда.
            Үөрүү үрдээтэ,
            Уруу улахана буолла.

64
   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69