Page 69 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 69
Укпуттара эрэ баар:
Уон алта сааһын туолуор диэри
Алаҕар харахтаах көрбөтөх,
Аһаҕас кулгаахтаах истибэтэх.
Уолаттар улаатан
Отут саастарыгар
Чугаһыахтарыгар диэри
Аата суох сылдьыбыттар.
Оҕонньордоох эмээхсин
Оҕолоро улаатыар диэри
Сыллата ахсын
Ыалларын ыҥыран:
«Оҕолорбутугар-ыччаттарбытыгар
Аатта-суолла биэриҥ!» — диэн
Ыһыах ыһар эбиттэр.
Ити курдук биирдэ
Түөлбэ түҥүрдээхтэр
Төрүттэрэ буолбут
Сээркээн сэһэн
Улуу Дархан ойууну
Ыҥыран көрүөххэ дэсиһэн,
Тусаһа ортотугар
Тула чэчир астылар,
Куруҥ маһы өрөһөлөөн
Кутаа отуннулар.
Онно аҕалан
Араҕас арыыны
Ыаҕаһынан куттулар,
Сиэр сылгы
Сиэллээх кутуругун
Түүтэҕинэн тамнаатылар.
Соҕотох атахтаах
Суодал хара остуолга
Тоҕус убаһа
69