Page 72 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 72
Аллараттан аргыйар
Аад айаҕын
Атаҕынан саба үктүүр,
Үөһэттэн үрэр
Өлүү үргүөрүн
Үтүлүгүнэн бүөлүү анньар
Аччыгый уол аата
Айыы Дьураҕастай! — диэн буоллун.
Күҥҥэ булбут
Көмүс чыычааххыт,
Күндү кыыскыт
Сыдьаайдаан Куо! — диэн буоллун.
***
…Ол олордохторуна, биир үтүө күн
Сорукка сылдьар Сорук-Боллур уол
Суһалтан суһаллык
Супту сурулатан кэлэн,
Дьулусханнык дьолуо маҥан
Тусаһа ортотугар
Тура түстэ.
Сорук-Боллур:
— Көмүскэстээх күн улууһун
Күүстээх бухатыыра,
Халлаан Дьэргэстэй Сүүрүгэ
Хара аттаах,
Аргыардаах атахтаах
Айыы Дьураҕастай обургу,
Тоҕус улууска
Чугдааннанан эҥсиллэр
Суо дорҕоон сураххар
Туску буоллун!
Аан ийэ дойдубуттан,
Аймах хаан дьоммуттан
Аллаах атым
72