Page 74 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 74
Чахчы талаан,
Илдьэ барда.
Ону,
Ситтэҕинэ эйигин ситиэ,
Кыайдаҕына эйигин кыайыа диэн,
Илдьит-сурах ыыттылар.
Түспүтү төнүннэрэн,
Тимирбити дагдатан,
Үрүҥ күнү көрдөрүөҥ үһү,
Айыы дьонун абырыаҥ үһү! — диэтэ,
Соргулаах соноҕоһун миинэн
Кэлбит сирин диэки
Сүүрдэн өрөкүтэ турда.
Айыы Дьураҕастай:
— Аймах билэ дьонум,
Аламай күнүм
Аара хаалар
Алдьархайа чугаһаатаҕа.
Айыы хаан аймаҕын
Адьарай айаҕыттан
Араҥаччылыыр аналлаахпын.
Быһылааннаах быдан дойду
Быттыгар кэбистэһэр күммэр
Саргылаах санааҕытын
Санныбар сүктэриҥ,
Төлкөлөөх алгыскытын
Түөспэр көтөхтөрүҥ! — диэтэ.
Ыһыах дьоно
Ыга симсэн туран:
— Төлкөлөөх алгыспыт
Түөскэр күүс буоллун!
Саргылаах санаабыт
Санныгар куйах буоллун!
Очурга оҕустарыма,
74