Page 75 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 75
Тэхтиргэ тэптэримэ!
Уруй! — диэн
Алгыы-айхаллыы хааллылар.
Күн айыы бухатыыра
Айыы Дьураҕастай
Үҥкүрүс-күөлэһис гынаат,
Күөкэли хара моойдоох,
Тимир чыллырыыт түүлээх,
Тардыы тимир дабыдаллаах
Хомпоруун хотой буолан,
Кубаҕай маҥан халлаан
Үрдүк мындаатын диэки
Өрө көтөн таҕыста.
Хотуулаах хотоҕойдоох
Хотой обургу
Өр гыныа дуо?!
Уот Кудулу байҕал
Уҥуоргу кытыытыгар тиийэн,
Очуос үрдүгэр даллас гына
Олоро түстэ.
Үҥкүрүс-күөлэһис гынан
Бэйэтэ бэйэтинэн буолла,
Хааннаах хайгыалаах
Хаан мэҥийэ
Аартык устун
Атаралаан истэ.
Аартык нөҥүө
Аллаах ат тииһин курдук
Хабыргыы-хапсыһа турар сиргэ
Кэтиллэ түстэ.
Онно тиийэн көрбүтэ,
Муус булгунньах курдук
Буулаҕа тимир балаҕан
Тигинии эргийэ турар эбит.
Күтүр өстөөх
75