Page 80 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 80

Биир ойуу хаалбытын кэннэ
            Эн эдьиийиҥ
            Алып Солуонньахай удаҕан
            Хараҕын уотунан
            Хааннаах ырбанан ытан,
            Уллукпун тоһутан,
            Умсан харыппыта.
            Онтон ылата
            Орон иччитэ буоллум.
            Айыы Дьураҕастайы кытта
            Аҥаардас бэйэм
            Туруулаһар кыаҕым быһынна, — дии-дии,
            Доҕолоҥ сордоох
            Туора-саары ойдо.
            Айыы Дьураҕастай,
            Кырдьык даҕаны,
            Илиилэрэ эчэйбит,
            Атахтара алдьаммыт,
            Агдалара хампырыйбыт
            Абааһы бухатыырдарын
            Киһилиэ дуо!
            Тоҕута кырбаан,
            Үлтүрүтэ сынньан,
            Өҥүргэһинэн көрдөрдө,
            Өрүтэ тыылыннарда.
            Хаппыт хоҕудал мастары
            Хайыта тардан ылан
            Үөрбэ оҥорон,
            Өлөр өлүү бухатыырдарын
            Оройдорун үүтүнэн
            Умсарыта үөллэ,
            Халтаҥ таас буолактарын
            Хаба ортотугар киллэрэн
            Таҥнарыта анньан
            Тараадытан кэбистэ.

80
   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85