Page 81 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 81

Күөх сибэкки дэйбиирдээх
Күөгэлдьин Куону көрдөөн,
Хара тааһы
Халбарыччы тардан,
Сурдургуур дууһата,
Сырдыргыыр тыына эрэ хаалбытын
Булан таһаарда.
Хаппар куҥун
Хайа анньынан
Хабахтаах өлбөт мэҥэ уутун ылан
Иһигэр иһэттэ,
Таһыгар сотто.
Кыыс тыын киллэрэн,
Утуйан турбуттааҕар
Ордук уоскуйан
Тырыбыныы көрдө,
Тыкаара үөрдэ.
Омуннаахтык убурастылар,
Сылаастык сылластылар.

Хайа хаспаҕын анныттан,
Хараҥа, дириҥ омуһахтан
Кыһыллар уҥуохтара эрэ хаалбыт,
Кычча тыыннара эрэ орпут
Тоҕус уон тоҕус
Айыы бухатыырын,
Тоҕус уон тоҕус
Айыы дьахтарын
Булан, биир-биир
Көтөҕөн таһаартаата,
Өлбөт мэҥэ уутунан эмтээн
Өлөртөн өрөһүйдэ,
Үрүҥ күнү көрдөрдө. …

...Айыы Дьураҕастай
«Күн сирэ

                                 81
   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86