Page 85 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 85
Убаастыыра сылаас,
Оттон үөрэх араас
Умнуллара начаас,
Ону өйдүүр ыраас!
Күнү быһа сытаарыскай,
Күрүлэччи сыыҥтаарыскай,
Ааҕар диэни умнаарыскай,
Аһы эрэ санаарыскай,
Таһырдьаны булаарыскай,
Таах сибиэ хаамаарыскай,
Оҕолордуун иирсээрискэй,
Ону биэстэ үҥсээрискэй,
Кылаас аайы хаалаарыскай,
Кыҥкый-мыҥкый ытаарыскай!
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. «Тараҥныыра араас, талымаһа накаас» этиилэр
ис номохторун быһаарыҥ.
2. «Күнү быһа сытаарыскай, ааҕар диэни умнаарыс-
кай» киһини хайдах сыаналыахха сөбүй, маннык
киһи инники олоҕо хайдах буолуой?
3. «Оҕолордуун иирсээрискэй, ону биэстэ үҥсээрис-
кэй» майгылаах киһи олох ханнык үтүө, ытык
өйдөбүллэрин кэһэрий? Киһи ону хайдах туора-
тыан сөбүй?
Тыыннаах тыл
Тараас уолга сүбэтэ суруйуҥ.
85