Page 88 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 88
ковскай, Пушкин, Лермонтов, Некрасов хоһоонноро
бааллара. Эллэй олору үксүн нойосуус үөрэппитэ.
(Николай Габышев)
Ааҕыы, ырытыы
Быһаарыылаах ааҕыыны оҥоруҥ.
Суолтатын өйдөөбөтөх тылгытын бэлиэтэнэн иһиҥ.
Чурум-Чурумчуку
(Норуот остуоруйатын ис хоһоонугар
олоҕуран суруллубут поэма)
I
Чучураан дьыбар суоһугар
Тоһута тоҥмот туһугар,
Тоҕуттубут тордох сонноох,
Чоочой-туллай олооччулаах,
Чуҥкук, бүтэй, чуолҕан саҕа
Чуораайытта алаастаах,
Чоҥкуйбут чуолаҕай сыыстаах,
Чуурка мастан чочуллубут
Чороон, чохоо дуомнаах,
Чуор мутук обоччолоох
Тото-хана аһаабатах,
Чоҕочуну саллыбатах,
Чоххо, кыымҥа маарыннаах
Чоҕул хара харахтаах
Чурум-Чурумчуку муҥнаах,
Чулугур биирдэм ыал буолан,
Буруо-тараа унаарытан,
Олорбута үһү дииллэр.
Үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы,
Аннынан сур күүдээҕи
Аһарбатах булчут ааттаах
88