Page 93 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 93
Олус умсугуйбуттар,
Наһаа ымсыырбыттар.
Халлааннааҕы сулус курдук
Халыҥ элбэх сылгылаах,
Хочотооҕу дулҕа курдук
Хойуу, дэлэй барааннаах,
Баайыттан бардамнаабыт,
Тотуттан дохсуннаабыт,
Чупчуруйдаан ыраахтааҕы
Чурумчуку оннуктааҕын
Туох-ханнык иннинэ
Чуолкайдаан истибит эбит:
Хаарыаннаах хара тааска
Харах уотун хатаабыт,
Санаа баҕатын салайбыт,
Сүрэх төлөнүн түһэрбит…
Улаан сылгы уу хаһата
Утахтанан, олус уойбут,
Сүһүөх, бэгэччэк мэлийбит,
Тобук, тоҥолох суох буолбут,
Моой, көҕүс дэхсилэспит
Тоҕус тутум бытыктаах
Тойон-дьаалы ыраахтааҕы
Сорук-боллур чаҕардарын —
Тоҕус буойун саллааттарын
Тоҕу кыйдаан ылбыт,
Чурумчукуга атаарбыт.
Субу дьорҕоот дьоннорунан
Чурумчукуга Чупчуруйдаан
Үрүҥ тыынын өллөйдүүр,
Хара тыынын харыстыыр
Сурук суруйбут эбит,
Субу курдук диэн эппит:
«Туһааннаах доҕоччугум,
Чурум-Чурумчукум!
93