Page 95 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 95
Тугу, тугу гыныахтарай —
Тоҕус буойун саллааттар
Чупчуруйдаан саардарыгар
Чуочарыһа тураахтаатылар.
Аҕыйах хонугунан
Арай ааттаах ыраахтааҕы
Ыалыгар — Чурумчукуга
Ыалдьыт буола ыадайда.
Чурумчуку толоонугар
Тоҕус уон чособуойдаах
Чупчуруйдаан тойон-дьаалы
Торҕо түрбэ торуона
Тохтоон тоҕуоруйда.
Чурумчуку сордооҕу
Туой буор ордуутуттан
Чоппуускалыы тутаннар,
Тоҥ чигдигэ таһааран,
Тоһоҕо бөҕө доппуруоска
Тобуктатан туруордулар.
Ар-дьаалы! Ыраахтааҕы
Антах, ыраах-ыраах,
Алаас-сыһыы саҕатыгар
Ахталыйа ааҥнаабыт…
Хараҕын бүөлүү үүммүт
Халыҥ халтаһатын
Анабыллаах кулуттара,
Аҕыс арыалдьыттара,
Алтан тордуоҕунан
Атытан кэбистилэр.
Халлаан, сир хабырыттар
Хаһыҥырас саҥалар
Хаалтыстаах хабарҕаттан
Хардьыгынаан таҕыстылар:
«Чугу-чугу-чугучу,
Чуллурҕаама дьуккуччу!
Нойоон, Чурум-Чурумчуку,
95