Page 96 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 96

Чулуу тааскын торгуйдаһыах,
                Дьоһун дьоннуу оруйдаһыах!
                Аар-ытык ыраахтааҕыҥ
                Алгыстаах тылын ылын!
                Аһыыр-таҥнар тэрилгин,
                Алталыы хоно-хонобун
                Аҕалтара туруоҕум —
                Аас-туор, аччык муҥун
                Адьас билбэт буолуоҕуҥ,
                Абырахтаах тордох соҥҥун
                Аны ончу устуоҕуҥ.
                Абырал дьүүлүм манньатын
                Аҕал миэхэ эн тааскын!»
                Чурумчуку, маны истэн,
                Чугурус гына түстэ,
                Чуоҕур, сыгынньах кэтэҕин
                Доҕуо-дэгиэ тыҥыраҕынан
                Чуукур-чаакыр тарбанна.
                Саҥарарын сатаабакка,
                Салҕаластыы туран баран:
                «Саар тойон… санаабын
                Сайа эттиҥ…» — диэн кээстин
                Кулгааҕа эрэ иһиттэ…
                Хотон хоодул ходуулуттан
                Холбукатын таһаарда,
                Хоруол ыраахтааҕытыгар
                Хоҥкук гынан бокулуоннаан
                Хомуһуннаах күндү тааһын
                Хостоон ылан туттарда.

  1. Ааптар Чупчуруйдаан ыраахтааҕы баайын-дуолун
      хайдах ойуулууруй? Тиэкистэн булан кэпсэтиҥ.

  2. Чурумчуку уонна Чупчуруйдаан тас дьүһүннэрин
      тэҥнээҥ. Туох диэн түмүккэ кэлиэххэ сөбүй?

96
   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101