Page 101 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 101
Туорамастаһа турума!
Чулуу тааһы аҕалыам,
Дьолу-соргуну тупсарыам,
Эрэн, эрэн, сэгэртэйим,
Эҕэрдэнэн эргийиэҕим.
Ала дьикти тааспытын
Аҕалларбыт эрэ биһи
Ааспыты аһатыахпыт,
Тоҥмуту ириэриэхпит,
Дойдубутун-сирбитин
Соргу-дьаалы тунуйуоҕа,
Дьоммутун-сэргэбитин
Сортон-муҥтан босхолуоҕа.
Оннук туйгун уйгу-быйаҥ
Олохтонуор диэритин,
Уоннаах саастан ылата,
Оҕус муоһун курдук дуу,
Оспуордаспакка, иллээхтик
Олорсубут доҕоччугум,
Уранныырым сыысчаана,
Ойоҕум Ньургуйаана,
Ойор күнүм, оҕом-уруум,
Оттор уотум, бар дьонум —
Барыгытыгар бырастыы,
Быдан-уххан буолуохтун!
Олорбутуҥ курдук олор,
Мастаабытыҥ курдук мастаа,
Астаабытыҥ курдук астаа!
Тойон эргин суохтааҥҥын
Туоххаһыйар буолума,
Олохпутун долгутума,
Тооромос аһы кураанахтааҥҥын
Оҕоҥ сыыһын хоргутума,
Аал уоккун оттумунаҕын
Алаһаҕын мууһурдума,
101