Page 106 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 106

Чурум-Чурум-Чурумчуку?!»
                 Чохорооно да суох буоллар
                 Чурум-Чурумчуку
                 Чугуруйа барбата.
                 Арсыын тиистээх кыыллартан
                 Алыс да чаҕыйбата,
                 Антах-бэттэх хаампата,
                 Албастаах санааланна,
                 Алыптаах айахтанна.
                 «Амтаннаах отон уутунуу,
                 Аалай кыһыл кырааскалаах,
                 Утахтары ханнарар,
                 Уоттуу оонньуур хааннардаах
                 Обугуркаан уоһум баар.
                 Онтон уобан көрөөхтөөҥ,
                 Уолбат соллоҥ күтүрдээр!»
                 Онуоха сырҕан кыыллар
                 Ойон-мөҥөн кэллилэр,
                 Чурумчуку уоһугар
                 Суптурута түстүлэр.
                 Ырдьыгыныы-ырдьыгыныы
                 Ытыран эрдэхтэринэ,
                 Чурумчуку обургу
                 Чуут-чуут өрүһүннэ,
                 Сап саҕаттан самсанна,
                 Ситии саҕаттан силбэннэ,
                 Туустаах аһыы тумсунан
                 Туойан кээстэ иһилиннэ.
                 «Уоһум, уоһум, обор!» — диэн
                 Этэн кээстэ силлиэлэннэ.
                 Инньэ диирин кытары
                 Эппит тыла иччилэннэ:
                 Эһэ, бөрө кыыллар бары
                 Чурумчуку иһигэр
                 Чупчуруллан киирдилэр.

106
   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111