Page 110 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 110

Ол муҥ кэлин уһугар
                 Ситэ сиэнэрин туһугар
                 Чочур Мыраан хайа саҕа
                 Чымаан үрдүк бааһынаҕа
                 Өрө соһон суккуратан,
                 Сууттуу-дьууктуу таһаардылар…
                 Тоҕус дуолан палачтар
                 Чурумчуку үрдүнэн,
                 Чой оройун сиигинэн
                 Чолбон уота суһумнаах,
                 Сулуйумтуо сокуоннаах,
                 Сундул-сыыйыы болотторун
                 Сулбу ойуттулар.
                 Чурумчуку онуоха
                 Чугуруйа хаампата.
                 Чыычый биилээх кылыстан
                 Чымарыттан турбата,
                 Албастаах санааланна:
                 «Уоһум, уоһум, өҕүй!» — диэтэ,
                 Өҕүйэн эппэҥнээтэ.
                 Инньэ диирин кытары
                 Эһэ, бөрө кыыллар бары
                 Имигэстик уоһуттан,
                 Элимтэҕэй сылгы курдук,
                 Төлө мөҥөн түстүлэр.
                 Тоҕус палач онуоха
                 Торҕоннортон уолуйан,
                 Туймаарыйа уҥнулар…
                 Онтон улам өйдөнөн,
                 Тыын тыыҥҥа харбас буолан:
                 «Тыый, тыый!» — диэн часкыйдылар,
                 Тыа диэки сырыстылар…
                 Былаахыга быстартан
                 Быыһаммыт Чурумчуку
                 Ыраахтааҕы тойоҥҥо

110
   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115