Page 115 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 115
Соһуллаахтаан иһээхтээн,
Толкуй, ньыма булунан,
Чупчуруйдаан саарыттан
Тоҥхох гынан көрдөстө:
«Чоҥхой алаас толоонугар
Тохтуу түһэн уоскуйуох…»
Алыс уойан, аҕылаан,
Алтахтаабыт баҕадьы
Алаас-сыһыы ортотугар
Арыый тыынын ылартан
Аккаастана барбата.
Тохтуулларын аҕай кытта,
Чурум туран саҥарда:
«Тойон судаар, бу дойду
Туохтааҕар да үрдүк
Тумуллардаах эбит дуу?..
Онно сүүрэн тахсаммын,
Улуу байҕал Төһө хаалтын
Одуулаһан көрүөхпүн
Көҥүллүүргэр көрдөһөбүн,
Көрө түһээт, төннүөҕүм,
Чугас эбит буоллаҕына —
Сотору хоҥнуллуоҕа,
Ыраах эбит буоллаҕына —
Бу манна хонуллуоҕа».
Этэ-сиинэ эймэнийэ
Илистибит ыраахтааҕы
Ити үтүө сүбэлэри
Эгэ эрэ ылыннаҕа.
Тордуох тимир тутарыттан
Чурумчуку босхолонон,
Чоҥхой алаас тулатыгар,
Дьолуо маҥан тумулугар,
Торҕо, баархат ньууругар
Дьоройо сүүрэн таҕыста.
115