Page 119 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 119

Үрүҥ тыынын өллөйдүүр
Үтүө ньыманы төрүттүүр.
Оломун булларбатах,
Ороһуоллаах уулаах далай
Орулуу түллэр үөһүгэр
Уҥуоргу биэрэгиттэн
Уунан биэрдэххэ тиийэр
Улуу өрүскэ Өлүөнэҕэ
Утаалаһа сыһар уһун
Ураҕас маһы быһан,
Ойуур тыаттан аҕалан,
Умсааччыга уунан биэрдэ,
Уһугуттан иилиһиннэрэн
Баҕа курдук баҕадьыны —
Чупчуруйдаан далаҕаны
Унаар олбох кытылга,
Оһуор остуол тумулга,
Ойутаахтаан таһааран,
Ойоҕоһунан «күр» гына
Уорааннаахтык бырахта…
Оҕонньору ол кэннэ
Олуйа-моһуйа саҥарда:
«Чупчуруйдаан да буолларгын
Тойомсуйа туруоҥ дуо?
Лоп курдук дуогабаргын
Толороргор соруйабын!
Толорботох буоллаххына,
Туохтан да хоргутумаар,
Тус бэйэҕиттэн хоргутаар!
Тойооскум диэн толлуом суоҕа,
Тоҕус үйэ тухарытын
Тугуҥ да орпот гына,
Дохсун буурҕа дьаарбаҥа
Туундара Муустаах муоратын
Чой таас остуолба хайатын

                               119
   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124