Page 118 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 118

Толкуйданна, бадаҕа…
                 Чуур-чаар силлээн элиттэ,
                 Өттүк баттанан кэбистэ.
                 Өлөр өлүү түллүүтүнэн
                 Үөһэ, аллара быластаан
                 Үллэр долгун үрдүттэн
                 Өҥөйөн туран үөгүлээтэ:
                 «Чалбах ууга даҕаны
                 Даамҥын, кыаххын биэрэҥҥин,
                 Чачайар буолан бараҥҥын,
                 Саарыстыбаны салайар,
                 Чаҕар дьону дьаһайар
                 Саар-тойон аатырбыккын
                 Сатаан өрүү санаабаппын.
                 Соххор-доҕолоҥ сүмэтин
                 Супту оборон түммүккүн
                 Тус бэйэм баайым диэн,
                 Суотуйарыҥ баар эбээт!..
                 Дьадаҥыны саралаан,
                 Саллар сааскар таптайбыт
                 Салаҥ элбэх састаайгар
                 Саантаабаппын мин ончу.
                 Чаҕардары татылҕалаан,
                 Талаҕынан таһыйталаан,
                 Таба-минэ оҥостору
                 Таптаабаппын мин ончу,
                 Таалар сүрэҕим ыратын,
                 Саныыр санаам баҕатын —
                 Саргылардаах таастарбын
                 Чахчы биэрэр буоллаххына,
                 Таһаарары ылынабын!»
                 Инньэ-манньа дэһэннэр,
                 Бигэ тылы бэрсиһэннэр,
                 Чурум-Чурумчуку
                 Чупчуруйдаан обургу

118
   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123