Page 113 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 113

Тойон-дьаалы ыраахтааҕы
Соххор-балай ыйааҕын
Тоҕус палач саллааттар
Толорорго турунан,
Этэн-тыынан баран
Эҕирийиэх иннинэ
Чурумчуку сордооҕу
Тууйа-бобо тутаннар
Чороччу тула сыаптыыллар,
Добун долгун дугуйдаах,
Дьуоҕата биллибэт далайга,
Чурулуу тыаһыыр байҕалга
Туман, былыт тулалаах,
Чой-муус чомпой оройдоох,
Чымаан үрдүк чыпчааллаах
Очуос таастан бырахтылар…
Чоҥоро далай обургу
Дьуоҕатыгар тимирэн,
Дууһа быстан эрдэҕинэ,
Чурумчуку өйдөннө,
Чуут кыраттан өрүһүннэ,
Сап саҕаттан самсанна,
Ситии саҕаттан силбэннэ,
Туустаах аһыы тумсунан
Туойан кээстэ иһилиннэ:
«Уоһум, уоһум, обор!» — диэн
Ордоотообута билиннэ.
Эппит тыла этиҥнэннэ.
Саҥарбыт саҥата саталанна;
Чурулуу сытар далайа
Чурумчуку куолайыгар
Чулуп-чалып тыаһаамахтаан,
Чупчуруллан киирэн хаалла…
Туох да буолбатаҕын курдук,
Туйгун чуумпу туран хаалла.

                              113
   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118