Page 116 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 116
Чупчуруйдааны туһаайан,
Чобуо уоһун ууннарда,
Дойду ньуурун дьигиһитэр
Чугдааннаахтык саҥарда:
«Уоһум, өҕүй», — диэн кээстэ.
Толкуй, ньыма булунуох,
Чыпчылыйыах да иннинэ,
Саҥарбыт саҥата саталанна,
Эппит тыла иччилэннэ:
Чурулуур уулаах муората
Чурумчуку уоһуттан
Тоҕо ыһыллан таҕыста.
Чоҥхой алаас уорҕата
Чуҥкунас уунан туолла,
Чоҥоро далай буолла.
Орулуур дорҕоон долгуннар
Оргуйбахтаан турдулар,
Ынчык-чысхаан буркуннар
Ытыйбытынан бардылар…
VIII
Оруоллаан, өйдөөн көрдөххө,
Чупчуруйдаан ол онно
Отут хонук бадахтаах
Чомполонон сордонно,
Чалым-чулум ойуолаата,
Чачайталаан ылбахтаата,
Туймаарталаан барбахтаата…
Улуу тойон да буоллар,
Уйатыгар уу киирдэ,
Ыраахтааҕы да буоллар,
Ыксыырыгар дьэ тиийдэ.
Ыйа-хайа ыраатта,
Ымманыйа ытаата:
«Ыый-ыыйбыан… аай-аайбыан!
116