Page 112 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 112

Ала ынаҕым маҥырыыр…
                 Аһыныылаах тойон аҕам,
                 Абыраллаах тааспын аҕал!»
                 Саҥарбыт саҥа сатанымына,
                 Сата буурҕа тардылынна…
                 Аалыы көмүс хоруона
                 Ала нуоҕай куорсуна
                 Арбай-сарбай хамсанна.
                 Арсан-Дуолайга маарынныыр
                 Амаан-дьамаан айахтаах,
                 Аттаах кымньыытын халыыр,
                 Сатыы тайаҕын талыыр
                 Албын-көлдьүн ыраахтааҕы
                 Ардайдаах тииһэ ардьаҥныыр,
                 Алларастаан айдаарыйар,
                 Ар-бур тыла сатаарыйар:
                 «Ха-хаа, хи-хии, ха-ха-хаа!
                 Хара үөнүм-курдьаҕаам!
                 Хаарыан тааһын хардатын
                 Хайыы-үйэҕэ ылбытын
                 Хайдах бутуйар дьабыный,
                 Хамсыктаабыт хаҥылый!
                 Туохтааҥ эрэ, нохойдоор,
                 Тоҕус палач уолаттар!
                 Чугу-чугу-чугучуну,
                 Чурум-Чурумчукуну,
                 Былаахыттан быыһанан,
                 Быччалдьыйа турбутун
                 Чолоҥнуурун тохтотуҥ!
                 Содуом санаа соттуктаах
                 Соллоҥнорун соботун!
                 Муораларга быраҕан,
                 Моһуоратын көннөрүҥ,
                 Чоҥоро далай байҕалга
                 Чомполотон өлөрүҥ!»

112
   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117