Page 108 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 108
«Айхал буоллун… торуоҥҥар…
Албан ааттаах күн судаар!
Айгырастаах симэхтээх
Алтан-көмүс дыбарыаскар
Абыраллаах күндү малбын,
Айылгылаах анал тааспын
Аһатыах-сиэтиэх буолаҥҥын,
Албаҕалаан ылбытыҥ…
Атас-доҕор сэгэрбин,
Арыйаан уолбун-биэбэйбин
Аһатар-сиэтэр илгэбин
Алҕас-алҕас биэрэммин
Аан курдук алдьанным,
Иин курдук иҥнэһинним,
Алаһалыын сабылынным,
Аал уоттуун умулуннум…
Ардах-сирдэх астанным,
Атах сыгынньах сыбдыйдым…
Арыйаан уолум аччыктыыр,
Ала ынаҕым маҥырыыр…
Аһыныылаах тойон аҕам,
Абыраллаах тааспын аҕал!»
Алдьархай бөҕө саҕаланна…
Аалыы көмүс хоруона
Ала нуоҕай куорсуна
Арбай-сарбай хамсанна,
Арсан-Дуолайга маарынныыр
Амаан-дьамаан айахтаах,
Аттаахтан кымньыытын халыыр,
Сатыыттан тайаҕын талыыр
Албын-көлдьүн ыраахтааҕы
Ардайдаах тииһэ ардьаҥнаан,
Алларастаан айдаарыйда,
Ар-бур тыла сатаарыйда:
«Ха-хаа, хи-хии, ха-ха-хаа!
108