Page 104 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 104
Чооруос чыычаах курдуктук,
Тутан ылан сиэхтээриҥ!
Тыҥырахтаах сэгэрдэриэм,
Дыбарыаска аһарбакка,
Тырыта тыытан кээһээриҥ!»
Итинник бигэ-таҕа
Бирикээһи-сорудаҕы
Эһэ, бөрө ыттарыгар
Биэрбит били ыраахтааҕы.
Чурумчуку доҕоччукпут
Чугууну түөнэрбит курдук
Чупчуруйдаан саарыстыбатыгар
Тоҕус аартык тоҕойугар,
Чочумаастаах тумулугар
Чугаһыырын аҕай кытта,
Чучураан соллоҥноохтор,
Чыычый тыҥырахтаахтар
Чуо ойон тиийэн кэлэннэр,
104