Page 103 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 103

Сууһарыылаах сутуруктаах
Сулудуку соллоҥтон —
Чупчуруйдаан тойонтон
Тугу аахсан туһаныллыай,
Тугу кыайан ылыллыай?!
Сол курдук буолтун иһин,
Дьоллоох тааһын сураһар,
Тохтообокко сойуолаһар
Туйгун, көнө сүрэҕи
Тойон-дьаалы ыраахтааҕы
Тутан-хабан көрдөҕүнэ,
Долгуйаарай даҕаны…»
Толкуйдаан-толкуйдаан
Дьуугутун булаахтаабата,
Дьулуруйбутун курдук
Дьулуруйа тураахтаата…
Чурумчуку иһэрин
Чупчуруйдаан обургу
Чособуой дьонноруттан
Чуордук истэ охсубут.
Туоҕа да суох буолбут
Чороҥ Чурум сордооҕу
Тута сиэтэр толкуйтан
Тоҕус аартык тоҕойугар,
Чочумаастаах тумулугар
Икки торҕон бөрөнү,
Икки сырҕан эһэни
Тоһуйтара туруорбут,
Тоһоҕолоон соруйбут:
«Чогдоон хара тыаларым
Тойон баабый кыыллара,
Торҕон, сырҕан тукаларыам,
Дьорҕоот эрэ буолларгыт
Чугу-чугу-чугучуну,
Чурум-Чурумчукуну,

                            103
   98   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108