Page 102 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 102
Ача оту охсумунаҕын
Ала ынаххын маҥыратыма!
Эппит тылбын толорон,
Этэҥҥэтик олорон,
Миигин көрсөөр, сэгэриэм,
Бэккэ таптыыр биэбэйиэм!»
Ити курдук этэн-тыынан,
Чурумчуку ойон турда,
Тилир-талыр тэбинэн
Дьиэтин аанын тэлэйдэ,
Чоҕул хара харахтарын
Субуруйар ууларын
Илгэ-илгэ сотто турар
Ньургуйаанатын хаалларда.
Өлөрүн утуйарга ууран,
Ыалдьарын тарбанарга ааҕан,
Чупчуруйдаан тойон саарга
Чуо-бааччы бара турда.
1. «Күн сырдыгын көрдөһөөччү Көнө кырдьыгын бу-
луоҕа» диэн этиини хайдах өйдөөтүгүт?
2. Чурумчуку тааһын төттөрү ыллаҕына тугу гы-
нар санаалаах эбитий? Айымньы тылынан хоруй-
дааҥ.
IV
Субу баран иһэн,
Суол киһитэ толкуйдуур,
Сырыы киһитэ сыымайдыыр:
«Туох модун буруйбар,
Ханнык хараҥа айыыбар
Суохпун-баайбын суйдатаммын,
Сору-муҥу булсабын?
Туппута торуоска буолбут
Тосту-туора сокуоннаах,
Суураллыбыт суобастаах,
102