Page 97 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 97

III

Хоргуйары билбэккэ,
Хонук хонон, күн өрөөн,
Алта суукка былаһыгар
Аптаах тааһын атыытыгар
Аччыктыыры анаарбакка,
Чурум-Чурумчуку аатыран,
Туойа-ыллыы доргута,
Туйгуннук олорбута.
Арай сэттис хонугар
Алдьархай бөҕө ааҥнаата:
Аһылыга кэлбэт буолла…
Ахсыс хонук ааһыыта
Аҥаарыйа аччыктаата,
Аччык оҕо ытаһыыта,
Ала ынах маҥырыыта
Алаас иһин аймаата…
Аччыгый уола Арыйаан
Ас көрдөөн тулуппата —
Аҕатыттан эт көрдүүр.

Чурумчуку санаа булан,
Чуохайаахтыыр моонньулаах
Чоргуйаахтыыр саҥалаах
Ньургуйаана доҕорун
Тоҥолохтоон кэбистэ,
Сорудаҕын кэпсиэтэ:
«Тойон саарга чуо тиийэн,
Туох буолтун сурас!» — диэтэ.
Өр кэмҥэ үнүөхтээн,
Үгүс сири чиэрэстээн,
Дьүөдэ, чүөмпэ кутаатыгар
Түһэ-түһэ күөрэйэн,
Ыркый, сыбар арбаҕар
Ырбаахыттан ыйаанан,

                               97
   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102