Page 94 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 94
Тоҕус үйэ тухарытын
Чугас доҕор буолуом,
Тоҥхойо да кырыйдаргын —
Тоҥолоххуттан өйүөм.
Ол үтүө, мааны, дьоһун
Тосхоллорум толугар
Килбиэн көмүс бүрүстүөлбэр
Кэрэ киэргэл гыныахпын,
Ала дьикти булуу тааскын
Атаара тардыый миэхэ, сэгээр!»
Чулбугур чоронуохтаах
Чомпой хороох бэргэһэлээх
Тоҕус буойун саллааттар
Чурумчуку иннигэр
Чуочас гына түстүлэр,
Тойон-судаар суругун
Чуолкай ааҕан биэрдилэр.
Онуоха Чурум-Чурумчуку
Ойон турда, уордайда:
«Тойон ыраахтааҕы
Тоҕо туойар тааҕы?!
Хаарыан кылаат тааһы
Хайдах босхо бэриллиэй,
Халыйа аллар аһы
Хантан ылан сиэниллиэй?
Төбөҕүт бүтүн эрдэҕинэ,
Төннө туруҥ, түөкүттээр!
Түөрт дойду үтүмэн баайын
Төбө тыырбыт аҥаарын
Түһэҕэр ууран олорор
Түллэр күүстээх саар-тойон
Түөһэйдэҕэ дуу? Тоҕо
Түлэс-балас тыллаһар?
Төлүөбэккэ мин тааспын
Түөкэйдээри гынар дуо?!»
94