Page 92 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 92

Дьол таастаах Чурумчукулар
                Уонча хонук олордулар…

  1. Чурумчуку хайдах булчут эбитий? Ону этэр усту-
      руокалары ааҕан иһитиннэриҥ.

  2. Кукаакы бэрт судургу көтөр буоларын ханнык
      биир тылынан этэрий? Булуҥ.

  3. Чурумчуку булуута туох-хайдах таас буолла?

                                      II

                Чурумчукулар тустарынан
                Дорҕоон сурах тарҕаммыт:
                «Чурумчуку булууламмыт,
                Чуурка мастан чочуллубут
                Чохоолорун бырахпыт,
                Чөмчүүк таастан кутуллубут
                Чочуонай чааскыламмыт…
                Булумньута буоллаҕына
                Боростуой таас буолбатах —
                Муударастаах таас үһү.
                Ама да таас буолбатах —
                Абыраллаах таас үһү.
                Аһыырынан, таҥнарынан
                Ахсарыйа сытар үһү».
                Соннук диэн дьоһун сурах
                Туруу-дьаҕыл дойдуга
                Суһал-дьэргэл сырыылаах
                Соноҕос ат туйаҕа
                Чураадыйан тиийэринэн
                Чугдаарыйа тарҕаммыт.
                Нуучча омук дьоһуннара,
                Саха омук талбалара,
                Дьон-норуот дьорҕоотторо,
                Киһи аймах кэрэмэстэрэ,
                Эр бэртэрэ, элик үтүөлэрэ
                Оннук туйгун тааска

92
   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97