Page 89 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 89
Арай субу Чурумчуку,
Бултаан муҥнана сатаан,
Чубугуруу көтөр
Тумустааҕы булбата,
Кулугуруу сүүрэр
Кутуруктааҕы туппата,
Дьөрү чыһы даҕаны
Төрүт өрүү көрбөтө.
Кураанахтаммыт куртаҕа
Курулуйа хоргуйда…
Кулун тириитэ курун
Холун курдук тардынна,
Куурбут куолайыгар силин
Кулук-халык ыйыһынна…
Куруҥ тыаҕа тахсан арай
Куйбаҥалыыр кулубаны —
Куудара баһын куоҕаппыт
Кугас куорсун кукаакыны
Кугдаҥ үөккэ харахтаата.
Кустук оҕунан ону
Ытан кууһуннарда…
Чаачар саалаах буойун оҕор
Табыдалын тоһуттарбыт
Тайҕа «талба» кынаттааҕа
Талах намчы лабаатыттан
Талбаарыйан кэлэн түстэ…
Чурумчуку ону ылла,
Чачынньыары аҕалла,
Чакыыр тааһы чаһырҕатта,
Сандаар уоту чаҕылытта.
Туруук хайа тумсугар
Тунаар буруо унаарыйда.
Кутаа уотун суоһугар
Кукаакытын сырайда,
Хоруо-кэриэ буолуута
89