Page 84 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 84
аайы сүүстүү куплеты суруйарга куоталаһарбыт», —
диэн бэлиэтээн аһарбыта баар.
Кыра оҕо уйулҕатын өйдүүр дьоҕур, киниэхэ ис-
тиҥ таптал, эдэр ыччат инникитигэр сырдык эрэл
Пётр Николаевич Тобуруокабы учуутал уонна оҕо
суруйааччытын быһыытынан биир ситимнииллэр.
Кини эдэр ааҕааччыларга анаабыт айымньылара
куруутун сонун, ураты буолан испиттэрэ ону туоһу-
луур.
Пётр Тобуруокап бэйэтин айар үлэтигэр фоль-
клор сабыдыалын икки өрүттээхтик сайыннарбыта.
Ону, судургутутан, былыргы остуоруйалары «саҥа-
лыы кэпсээһин» уонна саҥа остуоруйаны норуот үйэ-
лээх муудараһыгар олоҕуран айыы — норуот сиэргэ-
майгыга эдэр көлүөнэни иитэр ньымаларын айым-
ньылаахтык тилиннэрии — диэн быһаарыахха сөп.
Бу айымньылар баай тыллара-өстөрө, тэтимнээх-
тик сайдар, сонунтан сонун буолан иһэр сюжеттара,
чопчу түһүмэхтэргэ араарыллар тутуллара — бары-
та оҕо сөбүлээн ааҕар тэттик хоһоонноругар, аныгы
чабырҕахтарыгар эбэтэр биир ситимнээх хоһооннор
бөлөхтөрүгэр, сиэдэрэй остуоруйаларыгар табыгас-
таахтык наарданаллар.
(П. В. Сивцева—Максимова)
Ааҕыы, ырытыы
Тараас туһунан чабырҕах
Табаһыытап Тараас
Тараҥныыра араас,
Талымаһа накаас,
Таптыыр аһа кыбаас,
Таралыйара матараас,
Утуктуура уһун саас,
84