Page 83 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 83

Норуот тылынан уус-уран
      айымньытыттан — литератураҕа

                 Суруйааччы чабырҕаҕа

   Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын
биир дьикти кэрэ көрүҥэ, сурук-бичик тарҕаммы-
тын, суругунан литература үөскээбитин кэннэ, сүтэн,
симэлийэн хаалбакка, салгыы сайдан, суруйар дьон
айар үлэлэрин биир сонун көстүүтэ буолан, суру-
йааччы чабырҕаҕа, ол эбэтэр литературнай чабыр-
ҕах диэн үөскээбитэ. Норуот сэһэннэриттэн төрүт-
тэммит кэпсээннэр, сэһэннэр, романнар суруллубут-
тарын курдук, чабырҕах эмиэ суруйааччы тылыгар
киирэн, саха литературатын биир көрүҥүн быһыы-
тынан сайдар.

   Ол курдук, норуот чабырҕахтарыгар олоҕурбут
А. Е. Кулаковскай «Билбит-көрбүт» чабырҕаҕа уон-
на П. Н. Тобуруокап, М. Н. Матахова чабырҕахтара
биллэллэр.

                    П¨ТР НИКОЛАЕВИЧ ТОБУРУОКАП
                                      (1917—2001)

   Пётр Николаевич Тобуруо-
кап — сахалыы оҕо литература-
тыгар дьоһуннаах кылааты кил-
лэрбит ураты суоллаах-иистээх
суруйааччы.

   Бэйэтин ахтыытыгар бэйиэт:
«Хоһоону суруйуунан өссө ос-
куолаҕа үөрэнэр кэммиттэн,
холку соҕустук ааҕар-суруйар
буолуохпуттан дьарыктаммы-
тым. Доҕотторбун кытта түүн

                                                   83
   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88