Page 78 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 78

Тохтор хаана суох курдук буоларым.
            Ол бэйэбин
            Орто дойду
            Улуу бухатыыра түбэһэн
            Үрүт күүспүн түүрэйдээтэ,
            Алын күүспүн алдьарытта.
            Һуу-һаа! — дии-дии,
            Түҥ-таҥ түһэ,
            Түлэс-балас сарбаҥныы сырытта.

            Ону биһиги киһибит
            Көнньүнэн оонньуур
            Көр дьаҕыл болотунан
            Көхсүн хараҕынан
            Көҥү түһэн кэбистэ,
            Улуу дьаалы
            Умса баран өлөн түстэ.

            Ол икки ардыгар
            Биһиги киһибит аттыгар
            Сиэрэ уота дэлби ыстанна:
            Улуу Чупчурдаан
            Уодахыс гына түстэ.
            Кэннигэр кэлэн
            Күөх уот көҥү барда:
            Өһөх Харбыыр
            Үллэкис гына түстэ.
            Айыы Дьураҕастай
            Иккиэлэр диэн
            Этэ таппата:
            Биитигэр бэтэлээх,
            Ончоҕор оһоллоох,
            Уһун субуйа батаһын
            Сулбу сыыйан ылан,
            Халдьаайылаан хатыырдаабытынан,
            Куулалаан кулаабытынан барда.
            Анараа да күтүрдэр

78
   73   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83