Page 76 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 76

Күлүктэнэр ордуута
                Бу буоллаҕа диэн,
                Биһиги киһибит
                Аан көрдөөн
                Эргийэ хаамта.

                Абааһы уола
                Алып Хара
                Ыксаан-бохсоон
                Ыадахаччыйан таҕыста.
                Онно көрдөххө,
                Кырдьык даҕаны,
                Урааҥхай киһи
                Уҥуоҕа хамсыах
                Улуу күтүрэ эбит.

                Айыы Дьураҕастай:
                — Хол дойдуттан
                Холооннооҕум буолуо диэн,
                Ириэнэх суолгун ирдээн,
                Тоҥ суолгун тордоон киирдим.
                Аан дойду дьонун
                Аҥаардастыы аймаабыт ааккар
                Аат ааттаан,
                Сурах дьаныйан кэллим.
                Күн айыы кыыһын
                Күөгэлдьин Куону
                Күүс өттүгүнэн
                Былдьаан кэлбиккин
                Быһаарсар соруктаахпын! — диэтэ.

                Абааһы уола
                Алып Хара
                Абатыгар алларастаан ылла,
                Дьилбэгин охсунна,
                Ытыһын таһынна.

76
   71   72   73   74   75   76   77   78   79   80   81