Page 79 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 79

Аһара хамсаныылаах,
Түргэн туттуулаах
Улуу дьаалылар буоллулар:
Биини биигэ түһэрдилэр,
Өргөһү өргөскө тоһуйдулар.

Өһөх Харбыыр:
— Аанайбын-туонайбын,
Абабын-сатабын
Көрөллөөр-көрбөттөөр!
Эн, Улуу Чупчурдаан түөкүн,
Уот Кутаалай удаҕан эдьиийиҥ
Икки сирэй буолан,
Мин атахпын тоһутан,
Агдабын алдьатан,
Бу айылаах буоллубут.
Киҥкиниир халлаан бухатыырабын диэн
Киһиргэнэриҥ сүрдээх дии!
Соҕотоҕун даҕаны
Туруулаһар инигин?
Айыкка, атаҕым тостубута,
Агдам алдьаммыта,
Эчэйиим эрэйдээтэ… — дии-дии,
Кэннинэн тэйэн
Кэтэнэ сырытта.

Улуу Чупчурдаан:
— Оо, аанайбын-абабын!
Көрдөрөн туран мэлдьэхтээх,
Туттаран туран балыырдаах,
Аан дойдуну алдьаппыт
Арсан Дуолай аһыҥаһа
Өһөх Харбыыр түөкүн,
Өстөммүт буола-буолаҕын!
Эн бааргын
Таҥнаран биэрбит!
Мин биэтэни тахсарым

                                                                                               79
   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84