Page 82 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 82

Күлүктэммэтин!» — диэн,
            «Айыы дьоно
            Атаҕастамматын!» — диэн,
            Алгыс этэн, андаҕар андаҕайан,
            Күөх сибэкки дэйбиирдээх
            Күн Күөгэлдьин Куону
            Кэргэн ылан,
            Кэнчээрини кэҥэтэн,
            Киһи-сүөһү төрдө буолан,
            Киҥкинээн олорбута эбитэ үһү!

       Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

      Бэйиэт С.С. Васильев—Борогонскай «Мөҥүрүүр Бө-
  ҕөттөн» уонна «Айыы Дьураҕастайтан» ураты өссө хан-
  нык олоҥхолору оҕолорго анаан суруйбутун билиҥ.
  Кини олоҥхолорун кинигэлэрин, иллюстрацияларын
  туһанан «С. С. Васильев—Борогонскай — олоҥхоһут-
  суруйааччы» диэн презентацияны оҥоруҥ.

! Олоҥхо инники олугар киһиэхэ анал ааты иҥэ-

  рии сиэрэ-туома көрдөрүллэр. Олоҥхо ыала оҕолорун
  тоҕо бэйэлэрэ ааттаабакка, ойууну ыҥырбыттара, тоҕо
  оҕолоро улааппыттарын эрэ кэннэ ааттаабыттара буо-
  луой?

                                                        АЙЫМНЬЫ ТҮҺҮЛГЭТЭ

      Эбэҥки «Ньуҥурмэк» олоҥхотун ааҕыҥ, ис хоһоонун,
  саха олоҥхотуттан туох уратыны эбэтэр маарынныыры
  билбиккитин кэпсэтиһиҥ.

82
   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87