Page 77 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 77
Ол саҕана
Алып Хара аҕата
Ала Лыгый оҕонньор:
— Орой мэник уолум, тохтоо,
Алдьархайы оҥорума!
Ол дьахтары
Таһааран биэрэ оҕус! — диэтэ.
Ону сэргэ ийэтэ
Уот Маҕалай эмээхсин:
— Оҕом муҥнаах,
Умсар буоллуҥ!
Боһоллоох күҥҥүн билбэккэ,
Бу, айыланар буоллуҥ!
Ити дьахтар иннигэр
Ийэ уустаан
Иҥнэстэр буоллубут.
Төннөрө оҕус! — диэн
Түлэс-балас хаһыытыы сытта.
Абааһы уола
Аккаас эппитигэр,
Биһиги киһибит
Наҕылыйыа баара дуо!
Охсон унаарыппытынан,
Дайбаан чаҕылыппытынан барда.
Кинилэр диэтэх обургулар
Сигэ талах курдук эристилэр,
Буур кыыл курдук бурҕастылар.
Алып Хара:
— Ар-дьаалы, тугун сүрэй,
Тоҕо омунай!
Бу хайа дьахтар
Киэлитигэр кистэнэн,
Хоонньугар хорҕойон
Үөскээбит киһиний!
Тостор уҥуоҕа суох курдук сананарым,
77